Владимир Путин Анал этиитин тула кэпсэтии уҕараабат. Аны, бу миэрэлэри хайдах гынан олоххо киллэрэбит диэн боппуруос сытыытык турар. Сокуоннары үлэлэтэргэ, үбүн-харчытын тыырарга бырабыыталыстыбаны сэргэ, парламент улахан оруоллаах.
Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласовалыын көрсөн кэпсэттибит.