Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо,
күндү биир дойдулаахтарым!
Ыра санаа, эрэл аргыстаах, кэтэһиилээх Саҥа дьыл уонна Ороһооспо бырааһынньыктара тиийэн кэллилэр.Үгүс умнуллубат түгэннэрдээх баай сылы туораатыбыт. Судургута суох, араас ис хоһоонноох сыл бэйэтин ситиһиилэринэн, үөрүүтүнэн-хомолтотунан үйэлээх өйдөбүл буолан өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэн хаалыа.