Өлөөн улууһа төһө да ыраах хотугу эргимтэҕэ олордор, ыарахаттартан чаҕыйбат туруу үлэһит, олоҕу уорҕатыттан муоһалыыр сытыы-хотуу дьонноох-сэргэлээх буолан, аныгы олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылыырга дьулуһар. Манна түөрт нэһилиэгинэн, Өлөөнүнэн, Дьэлиҥдэнэн, Ээйигинэн, Харыйалааҕынан, 4 тыһыынча киһи бу кэрэ айылҕалаах, бултаах-алтаах, табалаах, сайынын күөх торҕо көбүөргэ сууланар, кыһынын кырсалыы кылбаарар кыраайы таптаан, ханна да халбаҥнаабакка, олохсуйан олорор.