Бэс ыйын 30 күнүгэр Ньурба улууһун Үөдэйигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Абый, Горнай, Муома, Ньурба улуустарын Бочуоттаах гражданина Варвара Петроваҕа аналлаах сквер-уһаайба үөрүүлээх арыллыыта буолла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков, Ил Түмэн депутаттара В.М. Прокопьев, А.А. Григорьева, В.А. Петрова бииргэ төрөөбүт быраата, алмаас бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ С.А. Петров, Ньурба улууһун баһылыгын э.т. И.П. Никифоров, улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.И. Евсеев, Ньурба куорат баһылыга А.М. Иннокентьев А.М. уо.д.а.