Вы находитесь на старой версии сайта. Пройдите на актуальную версию по ссылке iltumen.ru

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэтэ | Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)
6 мая 2024 года, 11:11 (UTC+9:00) t в Якутске: 8 (09:00)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
 
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан -- Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин!  
 
Бу күн – Российскай Федерация норуоттарын төрөөбүт дойдуга бэриниилээх күүстээх санааларын, сомоҕолоһууларын кэрэһилиир. Биһиги көлүөнэҕэ аҕа дьоммутуттан улуу уонна модун кыахтаах дойду тиксибитэ. Бэйэбит историябытыгар ытыктабыл, Аҕа дойдубут кыаҕын уонна байылыат олоҕун  чөл тутан сайыннарыы бүгүҥҥү үлэбит-хамнаспыт сүрүн төрүтүнэн буолаллар.
 
Историябыт саамай чаҕылхай уонна өрөгөйдөөх түгэннэрэ элбэх омуктаах уонна араас итэҕэллээх дойдубут олохтоохторо биир ньыгыл сомоҕолоһууларын уонна биир өйгө-санааҕа түмсүүлэрин кэмигэр суруллубута. Сомоҕолоһуу – биһиги ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр олохпутун ыкса сибээстиир историческай төрүппүт.
 
Эһиэхэ бука барыгытыгар төрөөбүт Сахабыт сирин уонна дойдубут чэлгийэ сайдыыларын, дьоллоох, иллээх-эйэлээх байылыат олох туһугар күүрээннээх үлэҕитигэр  ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны баҕарабын!
 
Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ
 
 
Опубликовано: 2 ноября, 2014 - 15:05
Заметили ошибку в тексте? Выделите ее и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом администратору.
Спасибо!
^ Наверх ^
X
Ошибка в тексте:
Сообщить об ошибке администратору? Ваш браузер останется на той же странице